Aşkım Benim [Sakha translation]

  2024-05-13 22:59:53

Aşkım Benim [Sakha translation]

Алдьаммыт сүрэ5им бүтэһик эрэл кыыма сибэкки буолан тэтэрдэ эн маңнайгы көрүүгүттэн.

Бу тапталбыт ба5а санаа эрэ этэ, эн таарыйбыккар барыта у5арыйда.

Хайыамый мин, аңарым эйигинэ суох, хомолтобун кимниин үллэстэбин?

Ахтыл5антан күн-түүн ытыыр сүрэ5им.

Тапталлаа5ым, аанньалым эт миэхэ эйигинэ суох тугу гынарбын

Эйигин көрбөтөх күммэр сүрэ5им хайдах сордонорун

Үөрүүгэ өрүү илиилэрбит бииргэ буолуо

Үһүйээңңэ суруллуо бу үйэлээх тапталбыт.

Өйдүүгүн дуо ый биһиэхэ мичээрдээбит ол түүнүн

Халлаан бүттүүн сулустарын биһиэхэ бэлэх ууммутун

Хайыамый мин, аңарым эйигинэ суох, хомолтобун кимниин үллэстэбин?

Ахтыл5антан күн-түүн ытыыр сүрэ5им.

See more
Mustafa Ceceli more
  • country:Turkey
  • Languages:Turkish, Azerbaijani
  • Genre:Pop
  • Official site:http://www.mustafaceceli.com/
  • Wiki:http://en.wikipedia.org/wiki/Mustafa_Ceceli
Mustafa Ceceli Lyrics more
Mustafa Ceceli Featuring Lyrics more
Mustafa Ceceli Also Performed Pyrics more
Excellent recommendation
Popular
Copyright 2023-2024 - www.lyricf.com All Rights Reserved